Тохсунньу – Таҥха Хаан Айыы ыйа. Саамай хараҥа, тымныы, сыл бастакы ыйа. Бу маннык кэмҥэ Дьөһөгөй Айыы сылыгар үктэннибит. Онон сахаларга чугас соҕус сыл буолар. Ол курдук, үйэлэри уҥуордаан, айылҕа оҕото бэйэтин бэйэтэ биһиги тыйыс айылҕабытыгар көрүнэн, күн бүгүнүгэр саха омук иэйиэхситэ буолан, олохпутун арыаллыы сылдьар.